Төрөөбүт төрүт тыл, сурук – бичик  күнэ.

Төрөөбүт төрүт тыл, сурук – бичик  күнэ.

                                                                           Саппахтаах санааны сайыннарар,

                                                                           Саҥаны сарбынньахтыыр,

                                                                           Көппөҕүрбүт көхсүнү көччүтэр,

                                                                            Көҥүлү этитэр этэр тыл иччитэ…

                                                                                                        Алампа

 

              Олунньу 12 күнүгэр   Өлөөннөөҕү киин  библиотекаҕа  Саха норуотун улуу сырдатааччы, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээн “Төрөөбүт тыл – норуот сайдар кэскилэ”  диэн ааттаах  тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна.

      Олунньу 13 күнэ – саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.     Чурапчы, Болтоҥо сиригэр айыылартан айдарыылаах уол оҕо төрөөн, ийэ тылын Аан дойдуга, Аар Саарга аатырдыбыта, саха диэн омук орто дойдуга баарын, сырдыкка, сайдыыга тардыстар модун күүстээҕин итэҕэппитэ.

  Семен Андреевич төрөөбүт  норуотун сырдатар, сайдар суолун тобулар соругу – үөрэҕи киэҥник тарҕатыыга көрбүтэ. Кини – бэрт эдэркээн, оҕотук сааһыттан норуот дьылҕатын, кэнэҕэскитин туһун элбэхтик эргитэ толкуйдуур буолан, үөрэххэ сыстыаҕыттан саха улуу уоллаттарын Никифоровы, Ойуунускайы, Аммосовы, Өксөкүлээҕи, Бараховы, Гавриловы о.д.а кытта эн-мин дэһэр, сүбэ-соргу тутар кыахха киирбитэ биллэр.  Семен Андреевич икки үйэ кирбиитигэр, икки тутул хабыр харсыһыытыгар олорбут буолан, ити кэм түһүүтүн-тахсыытын, хабырын-халыанын барытын этинэн-хаанынан билбитэ. Ити ааттаммыт саха чулуу уоллаттарын кытта, кылгас олоҕун тиһэх тыыныгар диэри, ситимин быспатаҕа, норуот олоҕун тыын араҥаларын быһаарсыыга өрүү өркөн өйүнэн, таһаарыылаах дьайыыларынан күүс-көмө буолбута.

     Өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы дьыктаан суруйуута 8 төгүлүн ыытыллар.  Бу тэрээһин табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болһомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.

Дьыктаан тиэкиһэ  Софрон Данилов  “Барымаҥ даа, кубалар” романыттан быһа тардыы. Дьыктааны суруйтарда Өлөөн орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Наталья Васильевна Семенова.

Кырдьаҕастыын – эдэрдиин күөн көрсөн 10 кыттааччы  суруйда. Дьыктаан суруйуутун түмүгүнэн  “Бастыҥтан бастыҥ суруксут”  аат ыллылар:  Алексеева Марта Васильевна, Суздалова Раиса Васильевна, Иванова Екатерина Васильевна. Куйаар  ситимин ZOOM нөҥүө  13 киһи  кытынна. Хас биирдии кыттаааччыга кыттыбытын туоьулуур  туоһу сурук  үөрүүлээх быһыыга  туттарылынна. Сынньалаҥ кэмигэр остуол оонньууларыгар уонна интерактивнай биктэриинэ ыалдьыттары сэргэхситтэ.

    Төрөөбүт төрүт тылбыт  суругун – бичигин кэнэҕэски көлүөнэ ыччаттарбытыгар сахабыт тыла симэлийбэтин туһугар суруйааччыларбыт, поэттарбыт, олохтоох ааптардарбыт  кэпсэээннэрин ,хомоҕой хоһооннорун билсиһэ  ааҕа , кэпсии туруоҕуҥ!

 

Дата обновления страницы: 16.02.2022

Чтобы оценить условия предоставления услуг используйте QR-код или перейдите по ссылке ниже.

Национальная библиотека республики Саха (Якутия)
Литрес

Телефон доверия для детей, подростков и их родителей 88002000122