Алтынньы 21 күнүгэр, оройуоннааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Уус Алдан улууһуттан Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала Семен Николаевич Гаврильевтыын көрсүһүү булан ааста. Биьиэхэ умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн үүннэ, “Сарыал сахпыт сырдыгынан” кинигэ биьирэм кунугэр муһуннубут. Семен Николаевич Саха Государственнай университетын история салаатын бүтэрэн Өлөөн оройуонугар учууталлаабыта, методистаабыта.Биэнсийэҕэ тахсан баран, Өлөөн историческай – этнографическай музейыгар үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Өлөөн айар куттаах кинигэлэр ааптардарыттан биирдэстэрэ буолар «Хотугу норуоттар оонньуулара”, “ Күнтэн көрдөрөн,ыйынан ыйдаран”, “Өлөөн спортсменнара икки үйэ кирбиитигэр”, “Сүрэҕим сүмэтэ”, “Кэнчээри ыччакка кэпсээри, кэрэхсэтээри”,” Сардаҥа хаһыат айар куттаах суруналыыстара” , “Ириэнэх иэс”, “Ыраас ыра ымыыта”, “Тамара Николаевна Петрова» кинигэлэр ааптардара.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун дьаһалтата оройуоммут историятын кэлэр көлүөнэҕэ сүҥкэн кылааты киллэрэр. Айар куттаах дьоммут, ытык кырдьаҕастарбыт суруйбуттарын кинигэ таһаартарар сериялаах “Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун историятын бибилитиэкэтэ”диэн. Ааҕааччылар киэҥ эйгэлэригэр анаммыт кинигэлэр ааптардарын билиһиннэрэр. Бу бүгүн сүрэхтэнэр кинигэ Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонуна муниципальнай оройуон дьаһалтатын (баһылык Лена Степановна Иванова) үбүлээһининэн 100 экземпляр Саха сиринээҕи Семен Новгородов аатынан Айар национальнай кыһа акциялаах уопсастыбаҕа таҕыста. Биһиги оройуоммут республикаҕа элбэх кинигэни бэлэмнээн таһаартарар, бэчээккэ суруйтарар оройуоннар ахсааннарыгар киирэринэн киэн туттабыт. Үйэлээҕи оҥорон кэлэр кэнчээри ыччакка хаалларар ытык иэспит буоларын оройуоммут хас биирдии олохтооҕо билэр.Кинигэ ырытыытын Семенова Наталья Денисовна ыалдьыттар бары сэҥээрэ астына иһиттилэр. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ уонна ааҕааччылар Семен Николаевич хомоҕой хоһооннорун кырдалларын ыалдьыттарга ааҕан иһитиннэрдилэр. Бу күн кини хоһоонун биир дойдулааҕа Бурцев Ньургун Иванович саҥа ырыа сүрэхтээн иһитиннэрдэ. Наһаа үчүгэй матыыбтаах ырыа ылланан тэрээһиммитин киэргэттэ. Олохтоох ааптарбытыгар Семен Николаевичка э5эрдэ тыллар этинилэр: Оройуон дьаһалтатын социальнай боппуруоска баһылык солбуйааччытыгар Туяра Егоровна Павлова,Өлөөн оройуонун үөрэҕириитин методиһыгар Александрова Людмила Васильевна,олохтоох нэһилиэгин баһылык солбуйааччытыгар Васильев Христофор Павлович, өр сылларга музейга бииргэ үлэлээбит доҕоругар Саввинов Прокопий Трофимович, музей директорыгар Бенчик Наталья Владимировна, Өлөөннөөҕү культура управлениятын методиһа Симанова Сардана Христофоровна, 1988 сыл Өлөөн оскуолатын выпускниктарын аатыттан Винокурова Айталина Николаевна, Өлөөн орто оскуолатын саха тылын учуутала Стручкова Анна Афанасьевна уо.д.а истиҥ иһирэх тыллары анаатылар. Семен Николаевич кинигэтин туһунан тус санааларын, кинигэ тахсыытыгар көмөлөспүт улахан баһылыкка Лена Степановна Ивановаҕа, компьютерга бэчээтигэр көмөлөспүт Алексеева Оксана Егоровнаҕа махталын эттэ. Билигин Ийэ дойдубутугар кытаанах балаһыанньа үөскээн турарын бары бэркэ билэбит. Күүстээх санааланан, кэлэр кэмҥэ кэрэни кэрэхсээн ыраланыаҕыҥ. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ . Мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт уолаттарбытыгар, кинилэр ийэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабыт. Барыта этэҥҥэ буоллун төрөөбүт дойдубут араҥаччылыы сырыттын диэн туран “ Бу мин Хоту дойдум” Семен Николаевич намыын тыллаах хоһоонтон ситимнэнэн, олох болоорхой өҥө даҕаны кустук буолан көһүннүн диэн туран. Саҥа кинигэтиттэн ити хоһоону библиотека үлэһиттэрэ аахтылар. Кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыбыт дьоммутугар, ааптарга минньигэс остуол аһа киэргэттэ. Инникигэ кэскиллээх, олохтоох бородууксуйабытын араас көрүҥүнэн оҥорон таһаарар «Оленекторг” салайааччытыгар Никон Николаевка махталбытын тиэрдэбит. Өссө да “Оленкторг” үүнэ — сайда турарыгар ситиһиилэри баҕарабыт. Кинигэбит сүрэхтэниитэ өйдөбүнньүк хаартыска түһүүтүнэн түмүктэннэ.
Убаастабыллаах Семен Николаевичка, бары кэрэни үтүөнү баҕаран туран, Николай Винокуров –Нөөкүлээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Өлөөн оройуонун бочуоттаах гражданина бу сүрэхтэммит кинигэҕэ суруйбут тылларынан түмүктэнилиннэ. “Олохтоох ааптар Сэмэн Гаврильев «Сарыал сахпыт сырдыгынан” диэн саҥа хомуурунньугун аахтахпына, үтүө санаа салгына илгийэргэ дылы гынар. Бу хомуурунньукка үксэ лирическэй хоһоонноро киирдилэр. Онон түмүктээн эттэххэ, эһиги олохтоох ааптар уочараттаах поэтическай хомуурунньугун аахтыгыт, билистигит. Анабыл хоһооннору киһи эрэ табан суруйбат. Оттон бу анабыллар Сэмэн Гаврильевка табыллар эбит. Ааптар айар үгэнигэр сылдьар. Айар киһиэхэ саас ыраатара аахсыллыбат.Өскөтүн өссө даҕаны айыан баҕардаҕына, Сэмэн Гаврильев инникитин даҕаны айа туруоҕа. Биир дойдулаахпытыгар Сарыал сахпыт сырдыгынан айа – тута, айанныы турарыгар баҕарабыт.” Оройуоннааҕы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Семен Николаевичка уонна дьиэ кэргэнигэр чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт. Эн олоххор сырдыгынан сыдьаайдыннар, сырдык санаалар өссө да хомоҕой хоһоону, анабыл хоһоону хоһуйа турдун диэн алгыыбыт.
Мария Карпова