Ыhыах кун! Аламай санаалаах Аан Алахчын Ийэ хотуммут арылыйа сырдыы күлбүт! Ыраас чэбдик буоллун диэн халлаан ньуура көҕөрумтуйэ көстубут, көхтөөх – үөрүүлээх буоллун диэн күммүт уота күүскэ тыкта!
Ыһыах ытык күнүгэр, сибэккинэн симэммит түһүлгэҕэ киин библиотека иккис сылын хоһоонньуттар күрэхтэрин ыытта. Быйылгы тэрээһиммит ананна айар куттаах, олохтоох ааптар Розалия Петровна Павлова үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн кини суруйбут хоһоонноругар өйтөн ааҕан курэхтэстилэр. Күрэхпит дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйата: олохтоох ааптар Розалия Петровна Павлова, кииннэммит библиотечнай ситим директора Николаева Екатерина Васильевна, Кирбей нэһилиэгин “Илькэнни” кулууп үлэһитэ Карпов Михаил Алексеевич.
Розалия Петровна бастакы хоһооно «Не болейте, друзья, не болейте” диэн хоһоон 2017 сыллаахха суруллубута. Онтон саҕалаан сахалыы хоһооннору суруйар, хоһуйар. Хоһоонноро айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга, олоххо тапталы, сиэрдээх майгы, таптал тустарынан киһи дууһаатын таарыйар гына суруйар.
«Хоһуйар хоһооннорум – мин санааларым” күрэх кыайыылааҕынан «Кэнчээри» оҕо саадын иитээччитэ Туяра Георгиевна Иванова «Үчүгэйтэн саҕыллар» диэн хоһоону нойосуус ааҕан айар куттаах ааптар Розалия Петровна бэйэтэ туруорбут анал бириэмийэтинэн наҕараадаланна. Наталья Васильевна, Анна Семеновна, Люция Федоровна, Мичил Боеков ис киирбэхтик хоһоону ааҕан көрөөччүлэри долгуттулар. Оҕолорбут эмиэ хоһоону өйтөн ааҕаллара сүрдээҕин үөртэ да долгутта да. Сандаара, Стелла Степановалар, Алианна Сафиулина, Айгыына Семенова, Милана Боекова, Степа Юшкевич. Билигиҥҥи кэмҥэ оҕо сахалыы хоһоону ааҕара улахан үөрүү. “Ааҕар балаҕан” түһүлгэбитигэр ыытыллыбыт «Хоһуйар хоһооннорум – мин санааларым” күрэххэ кыттыбыт кыттааччыларга кыайыылаахтарга “Добун сурук”, кыттыы иһин “Туоһу сурук ”уонна харчынан бириэмийэ, «Айар» кинигэ кыһатын кинигэлэринэн үөрүүлээх түгэн быһыытынан туттарылыннылар. Буолар күрэхтэргэ хоһооннору сэҥээрэн ааҕааччылар өссө элбиэхтэрэ диэн бигэ эрэнэбит.
Тус бэйэм санаам. Маннык хоһоон түһүлгэтэ ыһыаҕы кытта ыытыллара туһалаах. Алгыс, ырыа, тойук, олонхо бу барыта хоһоонтон айыллыбыт буоллахтара. Онон Ыһыах күн хоһооҥҥо болҕомто күүһүрдэн ууруллара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Күрэххэ бары кыттыбыт кыттааччыларбытыгар истинник махтанабыт. Уонна бу курдук хоьоон аа5ар дьо5ургутун сайыннара турун диэн ба5а санаабытын этэбит!