Өлөөн улууһун муниципальнай тэриллиитэ, улуус баһылыга Иванова Е.С. бу ааспыт 2021 сылга нэһилиэкпит үбүлүөйүнэн 85 сылыгар аналлаах «Кирбэйдэр» диэн бэртээхэй кинигэ тахсарыгар кинигэ сүрүн үбүлээһинигэр кэмэ онорон бэлэх уунна
Ньурба улууһуттан төрүттээх, Кирбэйгэ кийиит буолан иккис дойду оҥостубут биһиги бары ытыктыыр киһибит РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын учууталлар учууталлара Клара Васильевна «Кирбэйдэр» диэн саҥа ахтыы кинигэтин сүрэхтэниитин тэрийэн ыыттыбыт.
Бу сыллар тухары төһөлөөх элбэх кинигэ сүрэхтэниитэ, улуус, нэһилиэк үтүө-мааны дьонун олохторо, үлэлэрэ-хамнастара сырдатылынна, дьоҥҥо кэпсэннэ!
Клара Васильевна биһиги нэһилиэкпит төрүттэниитин, дьонун сэргэтин үйэтитэргэ хас да кинигэни – олор истэриттэн “Кирбэй нэһилиэгин кэс олохтоох ыаллар” (2009), «Өлөөн Харыйалааҕа 70 сыл” (2011), “Мин киэн туттуум – табаһыт, булчут дьонум!” (2015), бэчээттэтэн таһааттарбыта. Бу хайысхаҕа элбэх үлэ барбытын түмүгэр киэн туттар дьоно-сэргэтэ үйэтилиннилэр.
Клара Васильевна “Кирбэйдэр” диэн ахтыы кинигэтигэр урукку Кирбэй сиригэр олорон, үөрэнэн, үлэлээн ааспыт аҕа көлүөнэ дьон ахтыылара – колхозтары бөдөҥсүтүү политиката ыытыллан кыра бөһүөлэктэри биир сиргэ түмүү, көһөрөн аҕалыы кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыттан хайдахтаах хараастан арахсыбыттарын, ол содула билигин да ааспатын, кинилэр төрөөбүт дойдуларыгар күүстээх тапталларын туһунан суруйуулара – түмүллэн киирдэ.
Бу дьоро күммүт «Кирбэйдэр” ахтыы кинигэ сүрэхтэниитигэр, кинигэҕэ тула, истиҥ-иһирэх кэпсэтиилэринэн саҕаланна.
Эҕэрдэ тылы оройуоннааҕы дьаһалтаттан Степанова М.И., олохтоох дьаһалта баһылыга Николаев В.В., Өлөөннөөҕү ситимниир библиотека директора Николаева Е.В. эттилэр, сэмэй бэлэх туттардылар.
Кинигэ күн сирин көрөрүгэр тэҥҥэ үлэлэспит дьоммут өр сыллар усталарыгар сыралаһан кинигэ матырыйаалын хомуйааһыҥҥа, ахтыы суруйан хайдах улэлээбиттэрин ахтан — санаан аастылар, бэйэлэрин көрүүлэрин, баҕа санааларын эттилэр.
Тэрээһин бүтүүтэ кэлбит дьону минньигэс туордунан күндүлээтилэр.
“Кирбэйдэр” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ ити курдук, кинигэ тула, истиҥ-иһирэх кэпсэтии сиэринэн ааста.
Олох дохсуннук иннин диэки баран иһэр. Туох барыта умнуллар, история буолан хаалар. Элээммут, нэһилиэкпит сайдарыгар олук уурбут дьоммут умнуллубакка ааттарын үйэтитэр, кэлэр көлүөнэ ыччат иннигэр биһиги ытык иэспит. Дьэ, оннук дьонунан биһиги нэһилиэк киэн туттар дьоно бу кинигэҕэ кэмэлэспут дьоммут буолаллар. Кинилэр нэһилиэкпит историятын, уруккутун, хойуккутун үчүгэйдик ырытан биллэхтэрэ.
Кинилэр хас эмэ сыл устатыгар матырыйаалы түмэн, сааһылаан, тус бэйэлэрин күүстэринэн-кыахтарынан оҥорон таһаарбыттара хайҕаллаах суол.
Бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр күүстэрин-кыахтарын уурбут, сыраларын биэрбит кыһамньылаах үтүөкэн дьону, убаастабыллаах Клара Васильевна Кирилловаҕа, Елена Николаевна Константиноваҕа, Ольга Потаповна Васильеваҕа, Елена Спиридоновна Кириллинаҕа, Татьяна Константиновна Константиноваҕа уо.д.а . барҕа махталбытын тиэрдэбит уонна чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
«Кирбэйдэр” саҥа кинигэ бар дьоммутугар күндү бэлэх буоллун!
Олохтоох библиотека библиотекара Белолюбская В.Х.