САХА АССР ТЭРИЛЛИБИТЭ 100 СЫЛЫГАР АНАЛЛААХ БЫРАЙЫАК «САХАМ СИРИН ӨРӨГӨЙҮН ТҮСТҮҮР 100 ХОҺООН ТҮҺҮЛГЭТЭ”.

Бу тэрээьин чэрчитинэн, Өлөөннөөҕү кииннэммит библиотечнай ситим кэллэктиибэ Саха автономията тэриллибитэ 100 сылын көрсө араас хабааннаах тэрээьиннэри, кинигэ быыстапкаларын, уьулуччулаах дьоммут тустарынан бэсиэдэлэр, видеопрезентациялар ыытылыннылар уонна ыытыллыахтара. Ол курдук, «Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар — 100 тэрээьин” диэн бырайыагы 2021 сыллаахха атырдьах ыйыттан саҕалаан муус устар 27 кунугэр 100 тэрээьиммитин ыытыахпыт. 2022 сылга биир бырайыакпытынан буолар “ Сахам сирин өрөгөйүн түстүүр 100 хоһоон түһүлгэтэ“. Сыала соруга: хоьоон ааҕар дьоҕуру сайыннарыы, саха тылынан ааҕыыны көҕүлээһин, саҥа дьоҕурдаах дьону арыйыы, төрөөбүт дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэрии буолар.

“Биһиги күүспүт түмсүүгэ” дииллэринии, бары биир санаанан түмсэммит, көҕүлээммит саха норуотун сүдү классиктарын хоһооннорун, олохтоох ааптардар хоьуйууларын үйэтитиигэ, үүнэр көлүөнэни патриотическай иитиигэ Киин библиотека бырайыагар актыыбынай кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит.

Киин библиотека.

Дата обновления страницы: 11.02.2022

Чтобы оценить условия предоставления услуг используйте QR-код или перейдите по ссылке ниже.

Национальная библиотека республики Саха (Якутия)
Литрес

Телефон доверия для детей, подростков и их родителей 88002000122

>