Заголовок: Эрэн, эрэл санааҕар Заметка: Эрэн, эрэл санааҕар, Эрэн,күүстээх толкуйгар, Куйаар эриэккэс тыыныгар, Кууһар илгэ быйаҥар. Эрэн, эрэнэ күүтэн Эрэллээх түһүлгэн Элбэххэ үөрэтэн Эрэйи самнарыан. Эстибэт күүскүнэн Эрэл кыым ситтэрэн Элиэтии тэлээрэн Эрэли куустарыан. Эргиллиэ эрэлин Кустуга сыдьаайан, Эргийэр күн сирин Кэрэтин бэлэхтээн. Розалия Павлова Өлөөн 27.04.2019с.