Заголовок: Хотугу сибэкким ньургуһун.. Заметка: Хотугу сибэкким ньургуһун Хотугу сибэкким ньургуһун- Дойдубут биһигин киэргэтэр, Хоһууннук тымныыны тулуйар, Сэргэхтик симэнэн тэлгэнэр. Хотугу сибэкким ньургуһун- Ис куппар кэрэни иҥэрэр, Хараастар сүрэҕи уулларар, Үөрүүнү бэлэхтээн көһүтэр. Хотугу сибэкким ньургуһун- Ытыспар оҕолуу бигэнэр, Арахпат угутун сыдьаайар, Арамаат сытынан илгийэр. Розалия Павлова Өлөөн