Заголовок: Кэрэчээнэ тугутчаан. Кэрэчээнэ тугутчаан, Кэрэ - Заметка: Кэрэчээнэ тугутчаан. Кэрэчээнэ тугутчаан, Кэрэ - нарын табачаан, Көрөр харах манньыйар, Кууһар сүрэх дуоһуйар. Кылбаа маҥан ымыытын Кэтэһэрдии уоскуйан, Күлэн - үөрэн көрүстэ, Күннээх халлаан күлүстэ. Кырдьа барбыт табаһыт, Кылаан сылба үлэһит, Кэҥиир - ууһуур кэскилэ, Кэлэр кэмин ситимэ. Кыраһыабай тугутчаан, Күнэ - ыйа, сырдыкчаан. Розалия Павлова Өлөөн