Заголовок: Күннээх күнүм угуйар Заметка: Кэрэ күнүм харахпар Күнүн уотун оонньотор, Күлүм ааһар бу күммэр Күндү ыалдьыт мин күммэр. Күнү тутан ыларбар Көҥүл санаам куустарар, Күнү кытта үөрэрбэр Күнүм олус угуйар. Күнүм эмиэ мэниктиир, Көрү-нары бэлэхтиир, Күнү супту мичээрдиир, Көмүс тэҥэ күлүмнүүр. Розалия Павлова Өлөөн 11.01.2022