Олоҕу сиэрдээхтик олоруох Олоҕу ситэрэн, оһорон, Бэйэни буларга дьулуһуох, Сүрэҕи чуумпуран иһиллээн Куйаардыын ситимҥэ талаһыах. Аан бастаан бэйэни таптыаҕыҥ, Ырааһы, сырдыгы талыаҕыҥ, Ол онтон бар дьоҥҥо сыһыаҥҥа Тапталы, махталы уунуоҕуҥ. Оҥорон буолбакка, дьиҥ бэйэҥ Сайдаҕын бэйэҕэр эрэнэн, Хайысхаҥ хардыытын таптаргын Эргиччи арыллыа эн суолуҥ. Хас биирдии киһиэхэ араастаан Тургутуу кэлэрин умнумуох, Бу олох олоруу тутула, Күөрэйэр, хам баттыыр кэмнэрэ. Хараҥа эйгэни батыһан Мөкүлүүн иллэһэн эстэҕин, Кэрэни кэрэхсии биллэргин Үтүөлүүн эйэргээн көнөҕүн. Кутталы самнаран үрдүөххэ, Үрдүгү дабайан үөрүөххэ, Ол эрэн, киһилии быһыыгын Үрдээҥҥин сүтэрэн быһыма. Суулларыа, охторуо, самнарыа, Өйдөөбөт түгэҥҥэр мэлитиэ, Охсуулаах буолуоҕа олоххор, Кэнэҕэс ыччаккын атахтыа. Быһыыны-майгыны тупсаран Бэйэни билинэ үөрэниэх, Толору дьолунан сандааран Олоҕу сиэрдээхтик олоруох. Розалия Павлова. Өлөөн. 29.04.2024.