Сайыҥҥы ардахха үҥкүүлүөх Халлааммыт сайыҥҥы ард Сайыҥҥы ардахха үҥкүүлүөх Халлааммыт сайыҥҥы ардаҕа, Уйгуну түстэһэр таммаҕа, Былыта барыаран турдаҕа, Дойдуну нүөлсүтэн куустаҕа. Оо, сайын ардахха үҥкүүлүөх, Сылааска бигэнэ эккириэх, Эдэр саас кэмигэр устуһуох, Эрчимнээх түгэни эргитиэх. Бу ардах наҕыллык түҺэрэ, Бэйэтэ туспатык тыаһыыра, Чуумпуга чурулуур матыыба Айылҕа биир кэрэ алыба. Илийэ да түһүөх ардахха, Уулусса устунан чалбахха, Үҥкүүлүөх, үҥкүүлүөх астына, Илгэлээх эйгэҕэ, быйаҥҥа. Розалия Павлова. Өлөөн 28.06.2022с