Самныма, ыччаппыт сыралас! Самныма, ыччаппыт сыралас! Үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйус, Көҕүлүүр ыччаппыт сыралас, Кыайыыттан кыайыыга эн дьулус, Туруктаах үрдэлгэ эн таҕыс! Эрчимнээх бэйэҕин эн салай, Эрэллээх бэйэҕэр итэҕэй, Эйэҕэ, түмсүүгэ эн талас, Элбэҕи ситиһэн эн тутус! Булугас өйгүнэн сытыырхай, Инники суолларгын эн арый, Үйэлээх таһымҥа ситэн тиий, Күүстээххин биллэрэн көмөлөс. Кыаҕыран, хайҕанан, эн тулуй, Сэмэйдик тулаҕын көрө түс, Сулустаах күннэргэр чаҕылый, Өрөгөй үөрүүтүн амтаһый. Силискин үүннэрэн чиҥэтис, Ыһыктан самныма, эн хатыс, Бастыҥтан бастыҥы уруурҕас, Хотууттан хотууну туруулас! Розалия Павлова. Өлөөн. 07.08.2023.