Заголовок: Көҕөрбүт сугуннар. Заметка: Көҕөрбүт сугуннар Сайыммыт бэлэҕэ Бу хантан үүннүлэр? Төгүрүйэ тэлгэннэ Дойдубут сиригэр? Минньигэс амтаннаах Көҕөрбүт сугуннар, Үргүүргэ дэлэйиэн, Иһиттэр туоллулар. Айылҕа күндүлүүр, Матарбат баайыттан, Хомуйан, амсайан, Хаһааска ууруллар. Сугуммут барахсан, Элбээтэр элбээтин, Өлгөмнүк тыабытын Симээтин, чэлгиттин. Розалия Павлова Өлөөн 24.01.2020с.