Сулустар уоттара Сулустар уоттара Түүммүтүн күндү таас уотунан Чаҕыллык уматан киэргэтэр, Эриэккэс көстүүнү бэлэхтиир Күлүмнэс түһүлгэ арыллар. Күлүмнүү сандаарар сулустар Хараҥа эйгэни симииллэр, Сэргэхтик мичиҥнии үөрэллэр, Имнэнэн кэпсэтэр курдуктар. Ахсаана биллибэт эбиттэр, Элбээтэр элбииллэр кинилэр, Сарсыарда сүтэллэр, саһаллар, Устунан уоттара умуллар. Эргиччи сир тула угуйар Бу ханна олохтоох сулустар, Халлааны баһылаан ыаллаһар Таайбараҥ сир баайа дэтэллэр? Розалия Павлова. Өлөөн 23.04.2023