Заголовок: Таптал хайата... Заметка: Таптал хайата Кэрэтиэн уу-чуумпу киэһэҕэ Илгийэр сып- сылаас салгына, Күһүҥҥү бороҥуй түүннэргэ Өлөөнүм сандаарар уоттара. Тапталы билинэр хайаҕа Кыыстаах уол куустуһан турара, Кистэлэҥ иэйиигэ бигэнэн Сүрэхтэр сипсиһэр кэмнэрэ. Уураһар бу дьоллоох түгэҥҥэ, Биир тэҥҥэ тыыннанар санааҕа, Кинилэр олоҕу салҕааннар Бигэ тыл бэрсиһэр күннэрэ. Дойдубут анаабыт биһигэ Тапталга билинии хайата, Алгыстыыр сып-сырдык аартыга Холбоһон ыал буолар аналга. Өрүспүт уутунуу тапталгыт Долгуйа уһуннук уһуннун! Өйөһөн - өйдөһөн эрэлгит Көҥүлгэ эйэни иилиэхтин! Розалия Павлова Өлөөн