Тохтоо, тохтоо оҕо саас Тохтоо, тохтоо оҕо саас Төннө туруох оҕо сааска, Тохтуу түһүөх оҕо сааска, Баран сүүрүөх көтө-дайа, Көрсөн үөрүөх оонньуу тула. Бука бары, бары бииргэ, Күлэ-үөрэ, бары тэҥҥэ, Кэрэ кэми санаан ылыах, Түгэн устун ойо сырсыах. Тохтоо, тохтоо оҕо саас, Мэник-тэник сыыдам саас, Элэстэнэр быһый саас, Тэйэ-көтөр үүнэр саас. Баҕа санаа туолар күнэ, Үүннэ эбээт, тиийэн кэллэ, Сүрэх кыыма уотун ыста, Күлүм гынан сырдаан ааста. Отон тэҥэ элбэх оҕо Олус күндү тиксэр дьоло, Оҕо сааспыт мүөттээх кэмин Отой сүппэт ахтылҕана. Розалия Павлова. Өлөөн. 29.06.2023.