Саха АССР 100 сылын – 100 хоһоонноох, 100 тэрээһиннээх көрсүү.

Кэрэтиэн билигин киэҥ Лена кытыла

                                                                             Киэргэнэн, симэнэн турара,

                                                                             Кынаттаах долгуна баалынан ытылла

                                                                             Күн диэки  ыһара.

                                                                             Алмаастыы тырымнаа, көмүстүү күлүмнээ,

                                                                             Сахам Республиката!

                                                                                     Иннокентий Артамонов

          Муус устар 27 күнүгэр Саха сирэ биир сүрүн государственнай бырааһынньыгын – Республика күнүн бэлиэтиир. 1922 сыллаахха бу күн Саха автономиятын тэрийэр туһунан декреткэ илии баттаммыта. Саха сирин Республикабыт күнүнүн, “Саха сирин кэрэтэ-хомоҕой хоһооннорунан   бибилитиэкэҕэ тэрээһин ыытылынна. Биһиги улуу ийэбит – төрөөбүт дойдубут. Сахабыт сирин ийэ айылҕатын дьэрэкээн оһуорун-дьарҕаатын, ааҕан ситиллибэт араас көстүүлэрин саха  поэттара хомоҕой хоһоонноругар хоһуйбуттара. Кинилэр саха норуотун өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт, өлбөт үйэлээх, уостан түспэт ырыа буолбут хоһооннору хаалларбыттара. Үөрүүлээх дьоро күммүтүн хомус доҕуһуоллаан кырачаан ааҕааччы Айысхан Артамонов арыйда, ырыанан эҕэрдэлээтилэр   Наталья Федорова  “Сахам сирэ” ырыанан, Наталья Степанова эбээннии тылынан ырыа ыллааннар  көрөөччү  сэрэхсэбилин ыллылар. Ыалдьыттарга  «Сахабыт сирин историятын устун айан » диэн биктэриинэ  саамай элбэх сөптөөх эппиэт хоруйу биэрдэ Николай Ниманов. «Саха АССР 100 сылыгар» ааптар Сабыйа хоһоонун бибилитиэкэ үлэһиттэрэ литературнай ааҕыыны иһитиннэрдилэр. Саамай интириэһинэй түгэн  Семёнова Мария Васильевна доргуччу, нойосуус хоһоон ааҕан киэргэттэ, көрөөччүлэри сөхтөрдө, сэҥээртэ.

     Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээн  100 нүөмэрдээх ааҕааччыларбытын үөрүүлээхтик эҕэрдэлээн сэмэй өйдөбүнньүк туоһу сурук, харысхал туттарылынна. Абонемент 100 нүөмэрдээх ааҕааччыта – Слепцова Александра Георгиевна, ааҕар саала 100 нүөмэрдээх ааҕааччыта – Андреева Людмила Кононовна, краеведческай отдел 100 нүөмэрдээх ааҕааччыта – Эрбиева Макка Халидовна, Өлөөннөөҕү оҕо модельнай бибилитиэкэтин 100 нүөмэрдээх ааҕааччыта –Хуасинова Диана — Умсуура 1кылаас  Өлөөн орто оскуолатын үөрэнээччитэ.Дьоллоох нүөмэрдээх ааччыларбытын өссө төгүл эҕэрдэлиибит.Кинилэргэ уонна дьиэ кэргэттэригэр чэгиэн доруобуйаны, үлэҕэ – үөрэххэ саҥаттан саҥа кыайыылары, дьолу – соргуну баҕарабыт.

      Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах күнүн бэлиэтээн 100 саха поэттарын, олохтоох ааптардар хоһооннорун ааҕааччыларга, ыалдьыттарга, олохтоохторго аахтарыы проект ыытыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэбит күнүн бэлиэтиир күммүтүгэр сыалбытын ситэн 100 тэрээһиннээх,  100 хоһоон ааҕыылаах көрүстүбүт. Хоһоон ааҕыыларын видеолары Өлөөн киин библиотекатын истаграммыгар көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

                                                                            Мария Карпова

                                                          Өлөөн киин библиотека бибилитиэкэрэ

Дата обновления страницы: 29.04.2022

Уважаемые посетители! Просим вас оценить работу нашей организации, пройдя QR-коду




Чтобы оценить условия предоставления услуг используйте QR-код или перейдите по ссылке ниже.

Национальная библиотека республики Саха (Якутия)
Литрес

Телефон доверия для детей, подростков и их родителей 88002000122