Ахсынньы 23 күнүгэр кииннэммит бибилэтиэкэҕэ сыллааҕы түмүктүүр тэрээһинэ ыытылынна. Бу дьоро күн Саха сиригэр Ийэ сылын чэрчитинэн краеведческай отделга ааҕааччы, Сунтаартан төрүттээх элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс сиэннэр эбээлэрэ, доруобуйа харыстабылын туйгуна, Өлөөннөөҕү бибилэтиэкэ попечительскай советын чилиэнэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Иванова Антонина Ивановна үлэтин быыстапката туруорулунна. Антонина Ивановна иис абылаҥнаах дьэрэкээн кыргыттарыгар, сиэннэригэр тикпит сахалыы, эбэҥкилии таҥастара, сиэдэрэй симэҕинэн оҕуруонан симэммит бастыҥалара, илин кэбиһэрдэрэ, эбэҥкилии атрибутикалар, вышивкалар араастара, салфеткалар күрүчүөгүнэн баайыылара дэгиттэр талаана дьону сөхтөрдө.Кэрэ айылҕабыт көстүүлэрин түһэриитин муспут альбома уонна бэйэтин дьиэ кэргэнин төрүччүтүн оҥорбут альбом кинигэтин хас биирдии көрөөччүгэ кэпсээн – ипсээн интириэһиргэтэр. Үлэлэринэн дьон сэргэни сөхтөрдө.Ону таһынан бу сыл Ааҕар дьиэ кэргэн номинациятын Ивановтар – Семеновтар дьиэ кэргэннэрэ үрдүк аат иҥэриллэн сэмэй статуетка, сертификат үөрүүлээхтик, бочуоттаахтык туттарылынна.
Антонина Ивановна кэрэни бэйэ илиитинэн айан – тутан таһаарар өссө да таһаарыа үлэлэрин өссө көрүөхпүт диэн баҕа санаалаахпыт. Баҕарабыт илгэлээх иэримэ дьиэҥ истиҥ иэйиилэринэн туоллун!