«Мир родного языка» интерактивнай оонньуу ыытылынна

«Мин бэйэ норуотун тыыннаах тыл аптаах күүһүнэн

үйэтитииттэн ордук үрдүк сыаналаах үчүгэй

 өссө туох баарын билбэппин»

                                   Андрей Кривошапкин

Олунньу 10 күнүгэр Өлөөннөөҕү киин библиотекаҕа «Мир родного языка» интерактивнай оонньуу ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан Үлэ сыла биллэриллибитэ, итини туһаайан күрэххэ араас хайыска үлэ тэрилтэлэр икки ардыларынан күрэс буолла. Бу күрэс сэттэ түһүмэхтээх, манна биһиги өбүгэлэрбит олохторо дьаһахтара (фольклор), сахалыы сөпкө саҥарыы уонна д.а.ыйыытыктартан турар. Боппуруостар олус уустуктар да буоллар кыттааччылар иннилэрин биэрбэтилэр, өркөн өйдөрүнэн эппиэттэһэн күрэспит эйэ бэйэлээхтик түмүктэннэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэ тигистэ ЭКЦ «Илкит» кэллиэктиибэ кыттаачылар  Василий Протодьяконов, Дмитрий Яковлев, Иван Уаров. Иккис миэстэ тигистэ ООО «Эрэл» кэллиэктиибэ Игорь Боескоров, Герман Христофоров, Ким Алексеев.Үһүс миэстэ ПАО «Сахаэнерго» кыттааччылар Светлана Николаева, Прасковья Семенова, Алексей Максимов.          Библиотека үлэһиттэрэ күрэххэ кэлэн кыттыыны ылбыт тэрилтэ салайааччыларыгар уонна кыттыылаахтарга барҕа махталбытын этэбит. Инникитин өссө да  тэрээһиннэрбитигэр кэлэн кыттыахтара диэн эрэнэбит!

Екатерина Иванова

Дата обновления страницы: 13.02.2023

Чтобы оценить условия предоставления услуг используйте QR-код или перейдите по ссылке ниже.

Национальная библиотека республики Саха (Якутия)
Литрес

Телефон доверия для детей, подростков и их родителей 88002000122